«Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааматын чэрчитинэн Бүлүү куоратыгар, Кыһыл-Сыыр бөһүөлэгэр, Тоһу нэһилиэгэр 20 элбэх кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах олорор дьиэни тутуохтара. Бу туһунан Ulus.media суруйар.
«Барыта 4729 кв м иэннээх, 101 кыбартыыра тутуллан, эһиил хаһаайыттарга туттарыллыахтаахтар. Маныаха 429 356 267 солк көрүллүбүт«, — диэн тутуу управлениетын дириэктэрэ Макар Маисов иһитиннэрэр.
«Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраама 2025 сылга диэри болдьохтоох. Маныаха диэри Бүлүү улууһугар өссө да элбэх дьиэ тутуута былааҥҥа баар.