Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньуулар буолар бөдөҥ спортивнай эбийиэктэригэр өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэр. Бэлэм 90-97%. Толору түмүктэниитэ бэс ыйын саҕаланыыта, суруйар ЯСИА.
Оонньуулар кииннэринэн «Туймаада» стадион буолар, манна өрөгөйдөөх арыллыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа, чэпчэки атлетикаҕа, сахалыы ыстаныыларга, күрэхтэһии түмүктүүр тэрээһинэ барыаҕа. Эбийиэги толору саҥартылар, саҥа газон тэлгээтилэр, трибуналары уларыттылар. Билигин сүүрэр суол ууруллар.
«Үлэ барыта бэс ыйын 9 күнүгэр түмүктэнэр. Ил Дархан ыйааҕынан стадиоҥҥа былырыыҥҥыттан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Барыта саҥардылынна. Ис өттүгэр өрөмүөн түмүктэммитэ, сууйуу-сотуу үлэтэ барар. Дьиэ ис былаанын уларыттыбыт. Инженернай уонна электрическай ситим толору уларыйда, сантехниката уларыйда, 136 кэтээн көрөр видео туруорулунна. Сүүрэр манеж уларыйда, дьиэ тас көстүүтэ атын буолла. Билигин сүүрэр суол ууруллар. Стадион Оонньууларга стратегическай хайысхалаах. Үбүлээһинэ – 390 мөл солк», — футболга спорт оскуола дириэктэрэ Николай Цыпандин кэпсээтэ.
Сиһилии атын эбийиэктэр өрөмүөннэрин туһунан бу сигэнэн киирэн аах: https://ysia.ru/v-yakutske-zavershayut-remontnye-raboty-na-sportivnyh-obektah-mezhdunarodnyh-igr-deti-azii/