Дьааҥы сирин кыһыҥҥы суоллара арылланнар кэлии-барыы үксээтэ. Улуус киинигэр Баатаҕайга диэри ыраах да буоллар, аҕам саастаах дьон Улуу Кыайыыга аналлаах тэрээһиннэргэ кытталларыгар олохтоох дьаһалталар болҕомто уураллар. Улууска 145 бэтэрээн олорор.
Баатаҕайга буолбут сэрии сылларын оҕолорун кытта көрсүһүүгэ аналлаах тэрээһин биир түһүмэҕинэн “Оонньоммотох оҕо саас» диэн элбэх оҕолоох ытык ийэлэри кытта көрсүһүү ыытылынна. Оройуоннааҕы Оҕо Киинин салайааччыта, “Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Дьааҥытааҕы тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы Галина Алексеевна Максимова кэлэн иһэр Өрөгөйдөөх Кыайыы сылын көрсө «Оонньооботох оҕо саас» диэн ахтыыларынан таҥыллыбыт, улуус дьаһалтата үбүлээн таһаартарбыт кинигэтин туһунан сырдатта уонна иккис чааһа 2020 сыл саас тахсыахтааҕын эттэ.
Улуус бэтэрээнннэрин Сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Дария Христофоровна Чирикова «Ыччат төрөөбүт дойдуга бэриниилээх булуутугар аналлаах «Эдэр көлүөнэни кытта ситим» диэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын хабар кэтэхтэн күрэххэ Дьааҥы оройуонун улуус биир улахан нэһилиэнньэтиттэн – Табалаахтан «Илгэ» түмсүү кыттарга бэлэмин уонна көһө сылдьар Улуу Кыайыы знамята 2010 сыл олунньу ый 17-18 күннэригэр Дьааҥы улууһугар айаннаан кэлиэхтээҕин сырдатта.
Үгэс быһыытынан ыытыллар тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ Элгэс нэһилиэгэр буолуоҕа. Хас да түһүмэхтэн турар бэстибээл уус-уран самодеятельноһын уонна спорт көрүҥнэригэр күрэхтэһэ үөрүйэх бэтэрээннэр бу күнү кэтэһэллэр. Тэриллибитэ сүүрбэччэ сыл буолбут «Илгэ» түмсүү Саха сирин 13 улууһун кытта күрэхтэһиэҕэ.
Д.Х. Чирикова Аҕа Дойду уоттаах сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин ааттарын үйэтитэр соруктаах Подмосковьетааҕы «Храм Вооруженных мил России» мемориальнай комплекска ахтыылардаах хаартыскалары хомуйууга Дьааҥы бэтэрээннэрин сэбиэтэ уонна ыччат үлэлэһиэҕэ диэн сэргэх сонуну иһитиннэрдэ.
Нэһилиэк бэтэрээннэрэ Улуу Кыайыыга аналлаах долгутуулаах түһүлгэлэригэр мустан ол ыар сыллары, сэрии кэнниттэн дойдуну тутуу, чөлүгэр түһэрии саҕанааҕы кэмнэри ахтан-санаан ааһаллар. Тамара Макаровна Заболотная: «Сэрии кэмигэр мин түөртээх этим. Ол иһин үчүгэйдик бу диэн өйдөөбөппүн. Арай, сэрии кэнниттэн Баатаҕайга ыытыллар тутууларга элбэх киһи кэлэн үлэлээбит этэ. Төрөппүттэрбит биһигини тиэргэн иһиттэн таһаарааччылара суох, олбуор быыһынан хонбуойдаан илдьэн эрэр дьоннорун ыраахтан көрөөччүбүт. Оскуолаҕа үөрэнэ барарбытыгар, оҕолору тулуубунан ыга бүрүйэн таба сыарҕатыгар олордон илдьээччилэр, эмиэ оннук аҕалааччылар» — диэн сэһэргиир.
Семен Григорьевич Чириков, атыы-эргиэн бэтэрээнэ: «Биһиги хас да эмдэй-сэмдэй убайдыы бырааттыылар этибит. Убайым Миитэрэй миигиттэн биир сыл аҕа этэ, 12 саастааҕа. Аччыктааммыт хонууга үүнэр сардаа оту хостоон сиирбит, саахар амтаннааҕа. Убайбытын батыһа сылдьан балыктыырбыт. Таҥас да чарааһа. Ол оҕо сааспын түүн аайы түүлбэр көрөр буоллум — Миитэрэйдиин ойуурга туһах ииттэрбитин, куобахтыырбытын, балыктыырбытын… Билигин олус үчүгэй кэм, үлэлииргэ, үөрэнэргэ суол улахан».
Табалаах Ыылаах учаастагар төрөөбүт Анна Яковлевна Слепцова-2: «Биһиги уон оҕо этибит. Хаар уутун сүүрдэн, ону тоҥорон баран сиэтэллэрэ. Харгыйан ону сиирбит, аһаабыт кэриэтэ испит дыгдайара буолаахтыа. Арыый улахан оҕолору наар ыалга олордоллоро. Мин уончалааҕым, иккиэ буолан хотон харабыллааччыбыт, көмүлүөк оһоҕу оттооччубут. Ыстапаанньыйа диэн кыыстыын ынах сааҕын таһан көмөлөстөхпүтүнэ, дайааркалар биирдии чааскы чэй кутан биэрээччилэр, эбиэс бэрсээччилэр. Эдьиийбиниин Тохолооҥҥо бостууктуу сылдьан атахпыт тоҥоруттан ынах иигигэр, сааҕыгар атахпытын уган иттээччибит, этэрбэһинэн сылдьаччыбыт. Сайын сылгы түүтүнэн угунньалаан эҥин мууһуна диэн таапыска курдугу оҥорон биэрээччилэр. Дьэ, ол сылаас буолааччы. Алдьаннаҕына атах сыгынньах сылдьабыт, атахпыт дэлби хайыттааччы. Оччолорго ынах тыһа да хаалбат. Сэрии бүттэ диэни истэн бары «Ураа!» диэн үөрүү бөҕө буолбуппут».
1936 сыллаахха Мордовия Темников диэн куоратыгар төрөөбүт Мария Ивановна Маркова 1958 сыллаахха Дьааҥыга Эһэ-Хайаҕа ананар. Оччолордооҕу Эһэ-Хайа Саха сиригэр тигинии олорор улахан нэһилиэк оскуолатыгар ананан үлэлиир. Мария Ивановна, оччоттон баччаҕа диэри, Эһэ-Хайаны иккис дойду оҥостон, 50-ча сыл олордо: «Ийэм Александра Ивановна учууталлыыра. Аҕабыт Иван Иванович Эстония анныгар сэрии толоонугар охтубутун туһунан хара суругу тутаат, улаханнык ыалдьан баран өрүттүбэтэҕэ. Бырааппынаан, маҥнай, аҕам балтыгар Зинаҕа олоро түспүппүт да, соҕотох буолан тиийиммэт этэ, ол иһин биһигини оҕо дьиэтигэр ыыппытара. Тулаайах оҕо наһаа элбэҕэ, ыарахан кэмнэрэ. Биир кэмҥэ Иван Федотович диэн байыаннай киһи кэргэнинээн Вералыын миигин ылан олордо сылдьыбыттара, ол кэмтэн бырааппын Ваняны көрбөтөҕүм. Сотору оҕо дьиэтигэр эргиллибитим. Сэрии кэннилэриттэн оҕо дьиэтиттэн педагогическэй училищеҕа киирэр экзаменнарбын туттаран үөрэххэ киирбитим».
Оҕо саастарын ыар кэмин нарын санныларыгар илдьэ сылдьар сэрии сылларын оҕолоругар – бэтэрээннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата болҕомто уурарыгар, бу категорияҕа киирсэр Дьааҥы улууһугар 145 бэтэрээн баар. Хас биирдии сэрии кэминээҕи оҕо дьылҕатын таарыйбыт кэмнэр бэтэрээннэргэ санаа утаҕа буолан хааллахтара. Сэрии сылларын оҕолоро бүгүҥҥү дьоллоох олоххо тиийэ олороллоруттан, болҕомтолоох сыһыантан махтана үөрэллэр.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа