Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу күн Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар күндү уонна дьоһун суолталаах.
1922 сыл муус устар 27 күнүгэр сэбиэскэй Россия састаабыгар Саха Автономнай сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан Декрет баттанан, Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтоммута. Экономиканы сайыннарарга, киэҥ-нэлэмэн сири-уоту промышленнай баһылааһыҥҥа, ирбэт тоҥноох сиргэ тыа хаһаайыстыбатын бөҕөргөтөргө, олох уйгутун тупсарарга бөҕө акылаат ууруллубута.
70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, эмиэ ити күн Саха сирэ Россия Федерациятын субъега буоларын быһаарар өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуона ылыныллан, хотугу кыраайбыт сайдыытын саҥа кэрдиис кэмэ саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэни социальнай-экономическай өттүнэн кимиилээхтик сайыннарарга усулуобуйалар тэриллибиттэрэ. Бу сыллар тухары биһиги өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, бүтүн Россия Федерациятыгар тутаах суолталаах регион буола үүнэригэр күүстээх үлэ ыытылынна.
Билигин биһиэхэ аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит пандемиянан сибээстээн уустук быһыы-майгы үөскээтэ. Бу, бастатан туран, экономикабыт төһө тирэхтээҕин тургутуу буолар, дьон үгэс буолбут олоҕун укулаата уларыйар. Онон бука бары күүстээх санаалаах уонна түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Уустук кэми аахсыбакка туруоруммут сорукпутун биир сүбэнэн булгуччу толоруохпут.
Чулуу дьоммут – сүрүн тирэхпит. Биһиги бүгүн Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараахабы, Степан Аржакову уонна да атын саха норуотун чулуу уолаттарын, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятеллэри өйдөөн-санаан ааһабыт. Кинилэр бэлитиичэскэй модун санааларынан, төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын күүһүнэн хотугу өрөспүүбүлүкэбит өрө күүрүүлээхтик сайдарыгар олук уурбуттара.
Биһиги бүгүн медицинэ үлэһиттэрин уонна волонтердар бэриниилээх үлэлэрин махтана көрөбүт, урбаанньыттар уонна эппиэтинэстээх гражданнар биир дойдулаахтарыгар өйөбүл, күүс-көмө буолан араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Сомоҕолоһон уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн эрэ үөскээбит уустуктары этэҥҥэ туоруохпут.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Биир дойдулаахтарым! Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар, туруоруммут дьоһун сыалбытын ситиһэрбитигэр саарбахтаабаппын! Таһаарыылаах үлэтинэн, кэрэҕэ-сырдыкка дьулуурунан уонна олоххо ураты сыһыанынан бүгүҥҥү Сахабыт сирин тэрийсибит элбэх омуктаах норуоппут уҕараабат эрчимигэр бигэ эрэллээхпин!
Чөл туругу, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев