22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айсен Николаев: Биирдиилээн олорор дьиэ тутуутугар кэлим быһаарыы ирдэнэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биирдиилээн олорор дьиэни тутуу боппуруоһа нацбырайыактары уонна Саха сирин бырагыраамаларын олоххо киллэрии мунньаҕар көрүлүннэ. Ил Дархан Айсен Николаев чааһынай дьиэни тутуу улахан чааһа тыа сиригэр ыытылларын бэлиэтээтэ, ол туһунан регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр хас иккис миэтэрэ — бу чааһынай дьиэни тутуу. «ИЖС» бырагыраама улахан кыаҕа тыа сиригэр ыытыллар. Онон бу боппуруос кэлимсэ тутуллан быһаарыллыахтаах. Баан уонна тырааныспар систиэмэтэ, инфраструктуранан хааччыллыы, сир учаастага, саамай сүрүнэ, дьоҥҥо тиийиитэ, ол иһигэр сыана, тутуу матырыйаала. Саамай улахан кыһалҕа – тутуу матырыйаалын сыанатын үрдээһинэ буолар. Хампаанньалары өйүүр туһунан толкуйдуохтаахпыт, олохтоох тутуу матырыйаалын сөптөөх киэбинэн уонна сыананан оҥорон таһаарар курдук», — диэтэ Айсен Николаев.

Тутуу матырыйаалын оҥоруунан дьарыктанар өрөспүүбүлүкэ хампаанньалара 2022 сылга былааннаммыт иэннэрин оҥорорго уонна ырыынакка таһаарарга бэлэмнэр.

2022 сылга региоҥҥа 551 тыһ. кв. м дьиэ киириэхтээх, ол иһигэр биирдиилээн олорор дьиэ — 233 тыһ. кв.м. Муус устар 1 күнүгэр 94,9 тыһ. кв. м ИЖС эбийиэгэ тутулунна, бу былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөххө, 143,1 % элбэх.

Сиһилии https://ysia.ru/ajsen-nikolaev-dlya-uvelicheniya-obemov-izhs-trebuetsya-kompleksnoe-reshenie/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА