Саха сирин экономиката сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы буолар. Былаас сылын аайы бу хайысха бюджеттан үбүлээһинин улаатыннаран иһэр. Тыа сирин уйгутун тутан олорооччуларга болҕомто куруук баар. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев «Дьиэ кэргэн экономиката» дьаһала суолтата билигин да сүппэт.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр племенной кэтээн көрүү, дьоҕус хаһаайыстыба уонна сүөһү иитиитин департаменын салайааччытын солбуйааччы Айал Тимофеев өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев тыа хаһаайыстыбатыгар туох сүрүн кылааты киллэрбитин туһунан кэпсээтэ:
— Михаил Ефимович сүрүн болҕомтону дьиэ кэргэн экономикатыгар уурбута. Кини “Предпринимательствоны киэҥник сайыннарар, тыа сирин нэһилиэнньэтин үлэнэн көдьүүстээхтик хааччыйар уонна олоҕун тупсарар биир сүрүн суолунан ыал экономикатын өрө тардар кыаҕын сөргүтэн сайыннарыы буолар” диэн этэн турардаах.
Маны олоххо киллэрэргэ аҥардас 1999 уонна 2000 сылларга нэһилиэнньэҕэ табаарынай кирэдьиит быһыытынан 100 тыһ төбө сүөһү уонна сылгы, 5 тыһ тахса тыраахтар, массыына уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар тиэхиникэ бэриллибитэ. Бурдугу уонна сүөһү аһылыгын оҥорууга тирэх хаһаайыстыбалар тэриллибиттэрэ.
Сибиинньэ, көтөр, хоруолук, куһу-хааһы иитии, ону тэҥэ кыылы килиэккэҕэ тутуу курдук түргэнник ситэр салаалары сайыннарыах тустаахпыт диэн, бу кыыллары иитиэн баҕалаах тыа дьонугар босхо түҥэтиини тэрийбитэ.
1997 с. “Дьиэ табатын туһунан” диэн уураах ылан, хоту биирдиилээн дьон таба иитэллэрин өйөөбүтэ. Бу хоту норуотун үгэһэ, култуурата кэхтибэтигэр улахан оруолу оонньообута.
Уопсайынан, Михаил Ефимович бары хайысхаларынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Бэйэтин кэмигэр тыа дьоно оҥорон таһаарар бородууксуйатын атыылаан харчыланарын туһугар, «Бааһынай ырыынагын» тэрийбитэ. Маннык дьаһаллар ылыллан, хас биирдии ыал бородууксуйа оҥорон таһаарыыга интэриэстээх буолбута.
Билиҥҥи судаарыстыбаннай бырагыраамалар, «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ», «Агростартап» тосхоллор эмиэ тыа сиригэр дьон үлэлээх буолуутугар, бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан аһааһыҥҥа, дохуот киллэриитигэр туһуланаллар. Онон Михаил Ефимович оччолорго наадалаах дьаһаллары ылбытын сыаналыах тустаахпыт.
Ааптар: Мария Горохова