22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

43 абитуриент “Полярные авиалинии” нөҥүө авиация идэлэрин баһылыа

10:02, 13 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл целевой үөрэхтээһин чэрчитинэн сүүстэн тахса абитуриент “пилот” идэтигэр үөрэниэн баҕарарын биллэрбит. Бу туһунан үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжный иһитиннэрдэ. Тургутуу түмүгүнэн 43 абитуриент “Полярные авиалинии” хампаанньаны кытары целевой үөрэхтээһиҥҥэ барыллаан дуогабары түһэрсибиттэрин туһунан СИА суруйар.  


«Былырыын “Полярные авиалинии” хампаанньаны кытары өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар “пилот” идэтин туһунан профориентационнай үлэ ыыппыппыт. Ити түмүгэр сүүстэн тахса киһи пилот буолуон баҕарарын биллэрдэ. Барыллаан сүүмэрдээһини – аттестат орто баала 4.0 итэҕэһэ суох буолан, 60 эдэр ыччат ааста. Кинилэр истэригэр Үөһээ, Орто Халыма, Томпо, Бүлүү уонна илин эҥэр, Дьокуускай куорат выпускниктара бааллар», — диэтэ Михаил Присяжный.

«2 абитуриент Санкт-Петербургдааҕы гражданскай авиация университетыгар, биэс Омскайдааҕы летно-техническай колледжка талылыннылар. Кинилэр үс өрүттээх дуогабар түһэристилэр. “Полярные авиалинии” 31 абитуриены кытары «пилот» уонна «техник» идэтигэр икки өрүттээх дуогабар түһэристэ», — диэтэ кини.

Орто Халыма выпускнига сүүмэрдиир түргутугу чаҕылхайдык ааспытын бэлиэтиир, 4,8 баалы Амма, Булуҥ абитуриеннара оттон 4,6-ны Үөһээ Халыма, Ньурба выпускниктара ылтар.

Сиһилии https://ysia.ru/43-abiturienta-podpisali-dogovor-o-tselevom-obuchenii-s-aviakompaniej-polyarnye-avialinii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА