«Таһаарыылаах үлэ» национальнай бырайыак иитинэн «Үлэ ырыынагын үрдэтии уонна дьарыктаах буолууну өйөөһүн» регионнааҕы бырайыагынан дьарыктаах буолуу кииннэрин саҥардыы былааннанар. Нерюнгри, Алдан, Мирнэй куораттарыгар уонна Майаҕа 2024 сылга диэри тутуллуохтара.
2024 сылга диэри Саха сиригэр түөрт аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир дьарыктаах буолуу киинэ арыллара былааннанар. 483 киһи квалификациятын үрдэтиэхтээх, итиэннэ эбии үөрэниэхтээх, ол иһигэр 2021 сылга — 263 киһи. Үлэ көрдөөччү 90%-на сыалын ситиһэригэр сорук толоруллуохтаах, 2021 сылга — 75%.
«»Мин үлэм» бастакы офис Дьокуускайга арылынна. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай өҥөлөрү тириэрдиигэ хаачыстыба таһымын үрдэтиэхтээх. Билигин Нерюнгри, Алдан, Мирнэй куораттарыгар уонна Майаҕа былаанныыбыт. Туһааннаах кэмитиэт үлэни тупсарыыга сыаллаах көрдөрүүлэргэ уларытыылары киллэриэҕэ. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дьарыктаах буолуу кииннэммит киинэ арыллара кытта үөрэтиллэр. Оройуоттарга баар филиаллар тупсарыллыахтара, бөдөҥсүтүллүөхтэрэ», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Стручков нацбырайыактар региоҥҥа туолууларыгар мунньах кэмигэр.