23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

2022 сылга Саха сиригэр 551 тыһ. кв.м. дьиэни үлэҕэ киллэриэхтэрэ

11:01, 12 апреля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 100,6 тыһ. кв.м. дьиэ киирдэ. Ол иһигэр 5,8 тыһ. кв.м. элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, 94,9 тыһ. кв.м. – биирдиилээн олорор дьиэ. Экономическай санкциялар төһө да баалларын үрдүнэн, Саха сиригэр тутуу уонна дьиэни үлэҕэ киллэрии хаамыыта бытаарбат. 2022 сылга 551 тыһ кв.м. дьиэни киллэрэргэ былаанныыллар, СИА-ҕа тутуу министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 

«Билигин саҥа тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутууга тиэмпэни тутабыт, онон дьиэ болдьоҕор киириитин хааччыйыахтаахпыт. Дьиэ уонна социальнай эбийиэктэр тутуулара бырабыыталыстыба хонтуруолугар тутуллар. Тутааччылары кирииисис кэмигэр өйүүргэ федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнарга миэрэлэр ылыллан тураллар. Ол иһигэр хампаанньаларга чэпчэтиилэээх кирэдьииттэри биэрии», — диэтэ миниистир Павел Кылатчанов.

Сыл саҕалыныытыттан Алдан, Анаабыр, Томпо уонна Бүлүү оройуоттарыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри үлэҕэ киллэрдилэр. 94,9 тыһ. кв.м. иэннээх биирдиилээн олорор дьиэ киирдэ. Саамай элбэх дьиэ Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Дьокуускайга тутулунна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА