Дьокуускай куорат Думатын 42 уочараттаах сессиятын кэмигэр депутаттар «2022, 2023 уонна 2024 сыллардааҕы Дьокуускай куорат уокуругун бүддьүөтүн» туһунан быһаарыыга уларытыылары киллэрии туһунан боппуруоһу көрдүлэр. Дьокуускай куорат дьаһалтатын үп департаменын начальнига Ольга Максимова иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга дохуот чуолкайдаммыт былаана 27 млрд солк., ол иһигэр нолуоктаах уонна нолуога суох дохуот 9,7 млрд солк., ороскуот 27,8 млрд солк. тэҥнэстэ. Онуоха бүддьүөт дефицитын кээмэйэ уларыйыыта суох хаалан, 809 мөл. солк. буолла, диэн СИА кэпсиир.
«Дьокуускай куорат Думатын депутаттара куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын кытары юыстах байыаннай хомуурга барбыт дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ ыкса үлэлииллэр», — диэн Альберт Семенов тоһоҕолоо бэлиэтээтэ .
Мунньах түмүгүнэн депутаттар бары уларытыылары киллэрии туһунан этиигэ сөпсөстүлэр.