Саха сириттэн ытык иэстэрин толоро сылдьар байыаннай сулууспалаахтары анал байыаннай дьаһал буола турар сирдэригэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлээтилэр. Байыаннай салалта ытык иэһи чаҕылхайдык толорооччулары, бойобуой усулуобуйаҕа утарылаһааччылары кытта киирсиигэ тус үрдүк көрдөрүүлээхтэри бэлиэтээтэ, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.
«Бырааһынньык күннэригэр ДНР-га өрөспүүбүлүкэ тирэх пуунун байыастара гуманитарнай көмө тириэртилэр. Эбии техническай сириэстибэлэри, экипировка, бородуукта набордара запорожскай хайысханан бойобуой соругу толоро сылдьар Саха сириттэн төрүттээх байыаннайдарга бэрилиннэ. Уочараттаах көмө араас учаастактарынан тарҕанна.
Ханна тиийдэрбит даҕаны, барытыгар фронт усулуобуйатыгар байыаннай чаастар хамандыырдара байыаннай сулууспалаахтары наҕараадалаатылар. Бары чаастарга наҕараадаламмыт бастыҥ байыастарынан Саха сирин буойуттара буоллулар», — диэн кэпсээтэ ДНР-га тирэх пуун бэрэстэбиитэлэ.