22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Вкус Якутии» бэстибээлгэ саха сүөһүтүн этиттэн бүлүүдэлэри амсайыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Муус Хайа» рестораҥҥа ахсынньы 1 күнүгэр аан бастаан саха сүөһүтүн этиттэн оҥоһуллубут бүлүүдэлэри амсайыахтара. Быыстапка чэрчитинэн ыытыллыаҕа, суруйар СИА.

Тэрээһин кыттыылаахтара эт уонна үүт бородууксуйалар дьаарбаҥкаларыгар, саха боруода оҕуһун аукционугар кыттыахтара, иһитиннэрдэ өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттары көрсүүгэ Ассоциацията. «Муус Хайа» ресторан шеф-повара Семен Тарбахов 15 араас бүлүүдэни оҥоруоҕа. Барыта саха сүөһүтүттэн.

Быыстапка-дегустацияны «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ ыытар, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйөбүллээх. Дьаһал «Вкус Якутии» ас бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА