22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Вероника Скворцова: Бөһүөлэктэргэ биэлсэр пууннарын тэрийиигэ биир сыл сөп буолуоҕа

18:00, 06 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

100-тэн 2 тыһыынча ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга 570 фельдшерскэй-акушерскай пууну (ФАП) уонна быраас көрөр амбулаторияларын тэрийиигэ биир сыл сөп буолуоҕа, диэн иһитиннэрдэ Россия доруобуйа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова.


Бу иннинэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха оҥорбут туһаайыытыгар 100-тэн 2 тыһыынча киһиэхэ диэри ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга 2018-2020 сыллар усталарыгар фельдшерскэй-акушерскай пууннар уонна быраас амбулаториялара тэриллиэхтэрэ диэбитэ.

“ Дойдуга 43 тыһыынча баарын үрдүнэн билигин биһиэхэ 570 эбийиэк тиийбэт уонна итилэри баар гынарга биир сыл сөп буолуоҕа, муҥутаан икки сыл”, — диэтэ Ульяновскай уобаласка оробуочай сырыытын кэмигэр Вероника Скворцова.

Кини 2000-2010 сыллар усталарыгар Россияҕа 1,5 тыһыынча фельдшерскэй-акушерскай пуун уонна амбулатория сабыллыбыта, ол эрээри кэнники сылларга балаһыанньа тосту уларыйда диэтэ.  “Кэнники үс сылга биһиги үгүс ахсааннаах ФАП уонна тыа сирин амбулаториятын тутабыт. 2016 сылга тыа сиригэр медицина 500 эбийиэгин, былырыын 400 кэриҥин киллэрбиппит. 2017 сылга тыа сирин доруобуйатын харыстабылыгар тыһыынчаттан тахса эбийиэк тиийбэт”, — диэн эттэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА