Боксаҕа аан дойду вице-чөмпүйүөнэ Василий Егоров оптуорунньукка Дьокуускайга кэллэ. СИА-ны кытта кэпсэтиигэ кини биир дойдулаахтара кини кыайтарыытыттан санаалара түспэтигэр, аныгыскы сылга Европа, аан дойду чемпионаттарыгар кыттарга эрэллээҕин туһунан эттэ.
«Олимпиада мин өйбөр-санаабар, сүрэхпэр-дууһабыр кытаанахтык киирбитэ, бэл утуйа сытаммын ити туһунан саныыр этим. Рингэттэн Саха сиригэр кыһыл көмүс мэтээли аҕалыам дии санаабытым. Рио Олимпиадатыгар уопсайа түөрт сыл бэлэмнэммитим. 20 мүнүүтэ иһигэр барыта быһаарыллан хаалбыта хомолтолоох, ол эрээри спорт аата спорт. Ким эрэ кыайар, ким эрэ хотторор. Олимпиаданан олох түмүктэммэт. Салгыы өссө күүскэ дьаныһан туран үлэлиэҕим. Барыта — иннибэр», —диир Василий Егоров.
Нико Эрнандесы кытта күөн көрсүүгэ итэҕэстэр баалларын, бэйэҕэ эрэллээх буолуу тиийбэтэҕин туһунан кини эттэ: «Американец эдэр, улахан кэскиллээх спортсмен. Бу киэһэ утарсааччым миигиттэн күүстээх буолан биэрбитэ. Түмүккэ кини боруонса мэтээли ылары ситиспитэ».
Олимпиадаҕа кыайтарыы иһин кини айаннаан кэлэригэр ким да көрсүбэтэҕин туһунан баар сурахха сыһыаннаан кини маннык диэтэ:
«Мин Риоттан дойдубар айанныырбын кимиэхэ да биллэрбэтэҕим. Дьиэбэр нус-хас, дирбиэнэ-дарбаана суох кэлиэхпин баҕарбытым. Миигин туораппыттарын курдук дьон сыыһа саныыр. Мин туспар элбэх киһи ыалдьыбыта. Саха диэн спорду өрө туппут норуот баарын атын дойдулар билэллэрин туһугар дьулуурдаахтык сыралаһыам», — диир боксер.
Василий Егоров сотору кэминэн эрчиллиэ. Аныгыскы сылга Европа, аан дойду чемпионаттарыгар кыттар уонна аныгыскы Олимпиада рингэтигэр тиийэр эрэллээх.