22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уус алданнар диктант суруйдулар

16:43, 19 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдаҥҥа улуус кииннэммит тиһигин библиотекалара төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр элбэх сэргэх тэрээһини ыыттылар. Олортон биирдэстэринэн, Сергей Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын кытта түөлбэлэр икки ардыларыгар биир кэлим күрэх чэрчитинэн диктаны суруйууну көҕүлээн тэрийиилэрэ буолар. 


Бу туһунан СИА библиотека методическай киинин сэбиэдиссэйэ Февронья Федорова кэпсиир:

«Диктаны Амма Аччыгыйа «Сур соноҕос» айымньытынан суруйдулар. Манна нэһилиэк 15 түөлбэтиттэн 14-дэ кытынна. Түмүккэ «Ситим», «Кустук», «Мүрү» түөлбэлэр олохтоохторо кыайыылаахтарынан буоллулар. Бу олохсуйбут үтүө үгэскэ нэһилиэктэрбит библиотекалара бары олус көхтөөхтүк кытыннылар. Ол түмүгэр, быйыл улуус үрдүнэн 294 киһи диктант суруйда», — диэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА