22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уорбут харчытынан массыына ылыммыт

17:45, 16 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат биир олохтооҕун дьиэтиттэн 400 тыһ. солк. харчытын уорбуттар.


СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, полиция оперативниктара уорууну түргэнник арыйбыттар. Уорбаланааччы быһыытынан, киин куораттан төрүттээх, урут уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт 29 саастаах киһи тутуллубут.

Барыллаан быһаарыынан, эмсэҕэлээччи уонна уорбаланааччы бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр эбит — уоруйах кэмиттэн кэмигэр киниэхэ таһаҕас таһан, харчы өлөрөр эбит.

Ол үлэлии сылдьан, хаһаайын элбэх харчыны оронун анныгар, шкатулкаҕа уган баран уурарын өйдөөн көрбүт. Ону таһынан, дьиэ саппаас күлүүстэрин ханна уурарын эмиэ билэр эбит.

Уорбаланааччы дьиэлээхтэр ханнык бириэмэҕэ суох буолалларын бэркэ билэр буолан, саппаас күлүүһү уоран ылан, биир күн киирэн, харчыны барытын уктан тахсыбыт. Ол уорбут харчытынан массыына ылыммыт, дьиэ куортамнаабыт, электроинструменнары, бытовой техниканы уонна таҥас атыыласпыт.

Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар