28 Кулун тутар 28.03
  • -11°
  • $ 92,59
  • 100,27

Тускул: Муус устар сүүрбэтиттэн сылыйыаҕа

13:08, 12 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл саас эрдэ кэлэн, кулун тутарга биллэ сылыйан, муус устарга тахсар чалбах эрдэлээн соһутта. Аны бу күннэргэ Дьокуускайга уонна киин улуустарга хаар түһэ, тыалыра турар.


Күн-дьыл маннык уларыйыыта тугу кытта сибээстээҕин Тускул кэпсээтэ.

— Сыл сылтан өрүү уратылаах. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, быйылгы саас 1968,  1996, 1999 сылларга сөп түбэһэр курдук. Айылҕа эргиирин сокуона баар. Былыр былыргыттан өбүгэлэрбит хайдах халлаан, күн-дьыл буоларын бэйэлэрэ билгэлииллэрэ.

— Оттон билигин?

— Билигин да ол үгэс салҕанар. Ол курдук, быйыл кулун тутар 20 күнүгэр — Күн уонна түүн тэҥнэһиитин күнүгэр – бэрт үчүгэй, тыала, былыта суох күн турбута. Бу сылаас саас кэлэр чинчитэ. Күн сааскы тэҥнэһиитэ диэн 12 ч. 00 мүн. Сырдык Күн уонна 12 ч. 00 мүн. Хараҥа Кэм. Бу экваторынан тэҥнэниллэр. Ол эбэтэр хоту өттүгэр саас кэлэр, оттон соҕуруу — күһүн кэлэр бэлиэтэ.

— Саҥа ый хайдах кэмҥэ төрөөбүтэй?

— Кулун тутар 28 күнүгэр хаҕыс соҕус күн турбута. Эбиэккэ диэри сылаас этэ, онтон эбиэттэн киэһэ тымныйбыта. Онон муус устар ый иккис дэкээдэтэ киин улуустарга сөрүүн буолуоҕа. Улахан ириэрии суох. Оттон үһүс дэкээдэттэн, ол эбэтэр 20 чыыһылаттан ириэрии буолуоҕа. Ыам ыйын бырааһынньыктарын үгүс сирдэргэ хаара суох көрсүөхтэрэ.

— Оттон быйыл өрүс эстиитэ хайдах буолуоҕай?

— Муус устарга түүн тоҥорор уонна тыалырар буолан, өрөспүүбүлүкэ киин өттүгэр хаартан улахан уу кэлиэ суоҕа. Онон өрүстэр халааннаабакка, этэҥҥэ устуохтара. Ыам ыйа эрдэ сылыйыаҕа. Ол гынан сөҥүүтэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да элбэх буолара буолуо. Онон өрүстэр этэҥҥэ сайҕаныахтара. Өлүөнэ Эбэ да улаханнык халаанныа суоҕа. Быйыл эрдэ сайҕанан, ыам ыйын 20-тин диэки уу суола аһыллыаҕа.

— Оттон халыҥ хаардаах хотугу улуустарга балаһыанньа хайдах буолуоҕай?

— Халыма уонна Индигир, Алаһыай өрүстэргэ хаар халыҥа бэрт буолан, кутталы үөскэтиэ. Ол гынан баран, муус чараас буолан, улахан харыыта суох ааһыан сөп диэн сабаҕалыыбын.

— Эн күн-дьыл уларыйыытын өрүү күн эстиитин кытта сибээстиигин дии?

— Саха киһитэ көхсүттэн тэһииннээх Күн оҕото уонна Ыйтан ыйаахтаах Ый оҕото диэн мээнэҕэ этиэхтэрэ дуо? Күн сиргэ дьайыыта олус улахан. Күҥҥэ тахсар эстиилэртэн сиргэ баар тыынар тыыннаах улахан тутулуктаах. Быйылгы дьылбыт, урукку сыллары кытта тэҥниир буоллахха, күн эстиитэ муҥутаан аччаабыт сыла буолар. Онон олус куһаҕан күннэр тураллара аҕыйах курдук. Ый сиргэ буолар уларыйыылары барыларын дьаһайа турар. Оннооҕор улуу байҕаллары үөһээ-аллараа ытыйталыыр, тыынар тыыннаах барыта ыйтан олус тутулуктаах. Ыйы куруук кэтээн көрө сырыттахха, сиргэ буолар уларыйыылары киһи эрдэттэн сабаҕалыан сөп.

Ый халандаара ордук оҕуруотчуттарга туһалаах. Наһаа сөп түбэһэр, тус бэйэбинэн дакаастанан турар. Былыр былыргыттан өбүгэлэрбит ыйы сир быстыспат аргыһа диэн ааттыыллара. Онон бурдуктарын ыһаллара, булка-алка бараллара, балыктыылларп, киһи доруобуйата мөлтүүрэ барыта ыйы кытта быстыспат сибээстээх. Ый халандаара хас дьиэ аайы ыйанан туруохтаах.

Саха киһитигэр сааскы кус кэлиитэ — саамай кэтэһиилээх кэм. Быйыл туллуктар эрдэ кэллилэр. Онон сылыктаатахха, дьылын батыһан, кус эрдэ кэлэн, хоту ааһара сабаҕаланар. Үрдүкү салалта үгүс булчут санаатын учуоттаан, көҥүлү сыл аайы биир кэмҥэ буолбакка, айылҕа хаамыытынан көрөн көҥүллүүрэ ордук дии саныыбын. Булчуттар баҕа санааларын түүллэригэр эрэ көрөллөр. Онон кус ааһыан иннинэ булт көҥүлэ биллэриллэрэ буоллар, бу быйылгы сандал саас кэрэ бэлэҕинэн буолуо этэ.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар