Саха сирин урбаанньыттарын уонна аан дойдутааҕы Туризм күнүгэр анаммыт суолталаах пуорум үлэтин түмүктээтэ. Тэрээһин икки күнүгэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи эспиэрдэр урбаанньыттарга анаан маастар-кылаастары ыыттылар, төгүрүк остуолларга быһаарыыны эрэйэр боппуруостары дьүүллэстилэр.
Ил Дархан Айсен Николаев урбаанньыттары идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлииригэр былаас уорганнара дьоҕус уонна аччыгый урбааҥҥа улахан өйөбүлү оҥорорун бэлиэтээбитэ.
«Саха сиригэр регистрацияламмыт 39 тыһыынча дьоҕус уонна аччыгый биисинэс субъегар федеральнай уонна эригийиэннээҕи тустаах өйөбүл оҥоһуллан, Саха сирин урбаанньыттарын көрдөрүүлэрэ дойдуга өрөспүүбүлүкэ уон иһигэр киирсэр. 120 тыһыынчаттан тахса урбаан эйгэтигэр үлэлиир дьоммут өйдүүн-санаалыын инники күөҥҥэ сылдьаллар, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэри тобулаллар«, — диэн киэн туттар тыллары эппитэ Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэтигэр.
Бары тэрээһиннэргэ кыттыыны ылан баран, предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды санаатын маннык тиэртэ:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин урбаанньыттара өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайыннараллар, үлэ миэстэтин таһаараллар. Биһиги пуорум чэрчитинэн сэминээрдэри, маастар-кылаастары тэрийэн, урбаан салаатыгар саҥа бырайыактары олохтуурга толкуйу саҕабыт. «Төгүрүк остуолларга» бэйэ-бэйэбит уоппуппутун атастаһан, сайдар саҕахтары торумнуубут. Биһиги бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылартан саҕалаан, хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсатыбалары кытта санаабытын атастастыбыт, кэскиллээх тосхоллору былааннаатыбыт. Онон пуорум соругун ситтэ, урбаанньыттар тэрээһинтэн астынан тарҕастылар.
Ааптар: Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска: Анастасия Филиппова, СИА.