29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Түргэн интернеккэ өссө 30 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно

17:03, 11 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия күнүн көрсө Саха сирин 30 нэһилиэнньэлээх пуунугар волоконнай-оптическай сибээс линията киирдэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан видеоконференция эрэһииминэн регион баһылыга Айсен Николаев олохтоохтору эҕэрдэлээтэ.


ВОЛС кнопкатын баттаан, инновация миниистирэ Анатолий Семёнов уонна «Ростелеком» Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Константин Войтеховский түргэн интернети холбоотулар.

«Россия күнүн көрсө биһиги түргэн интернети эрэ киллэрэр буолбатахпыт, 12 оройуон 30 нэһилиэгэр олох саҥа тэтимин арыйабыт. Коронавирус пандемиятын кэмигэр Саха сирин цифровизацияҕа көһүүтэ үрдүк таһымнааҕа бэлиэтэннэ. 35 тыһыынчаттан тахса киһи ыраахтан үлэлээһин эрэһиимигэр олордо, дистанционнай киэбинэн дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэттэ, үөрэннэ, үлэлээтэ. Билигин «Цифровая экономика» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥа соруктар тураллар. Салгыы өрөспүүбүлүкэ саамай уһук сытар нэһилиэнньээх пууннарын олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга анаан ВОЛС ситимин кэҥэтэн иһиэхпит», – диэтэ Айсен Николаев.

Сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutii-k-vysokoskorostnomu-internetu-podklyuchili-eshhe-30-naselennyh-punktov/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА