22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сунтаарга эдэр үлэһиттэргэ дьиэ туталлар

10:55, 22 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Номнуо бүгүн Илимнииргэ сылаас, тупсаҕай көстүүлээх 4 квартиралаах уопсай дьиэҕэ оскуола, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уонна олохтоох бэтэринээр киирэн, дьиэ-уот тэринэн, оҥостон олороллор.

Күндэйэҕэ «Үтүө дьыала» бырагыраама чэрчитинэн 2 квартиралаах дьиэ тутуута ааспыт сайын саҕаламмыт. Саҥа дьыл саҕана эмиэ туһаҕа киирэн, саҥа кэлбит биэлсэр уонна «Тускул» арыы сыаҕын технолога дьиэ кэргэннэрин кытта көһөн киирдилэр. Дьиэ аныгылыы оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах. Халлаан сылыйдаҕына, сиэптигин туруоран, үлэ ситэриллиэхтээх.

Бордоҥҥо 4 квартиралаах уопсай дьиэ тутуута күһүн саҕаламмыта. Соторутааҕыта тутуу сүрүн үлэтэ бүтэн, дьиэ ис өттүн оҥороллор, уотун тардаллар. Хаһаайыттар саҥа квартираларыгар кэлэр күһүн киирэллэрэ сабаҕаланар.

Туйаара Корякина

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА