Сочига доруобуйаларынан хааччахтаахтарга (ПОДА) чэпчэки атлетикаҕа Россия чемпионата саҕаланна. Манна 350 кэриҥэ спортсмен муһунна. Алтынньы 5 — 8 күннэригэр ыытыллар күрэхтэһиигэ Саха сириттэн тренер Василий Оленов салайааччылаах аҕыс киһи кыттар, СИА суруйар.
Бырагыраамаҕа сүүрүү 100 м, 200 м, 400 м, 800 м, 1500 м, 5000м, эстафета 4х100, клаб, диискэ уонна үҥүү быраҕыыта, ядро анньыыта, ыстаныы араас көрүҥэ киирдилэр.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар адаптивной физкультура уонна спорт иитиллээччилэрэ Виктория Петрова, Саргылан Семенов, Дмитрий Усов, Виктор Евсеев, Спартак Дорофеев, Яков Максимов, Никифор Анисимов, Василина Иванова киирдилэр.