Санкт-Петербурга IX-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Добровидение» норуот ырыатын улахан түһүлгэтэ бэс ыйын 14-16 күннэригэр буолан ааста. Саха сириттэн бу улахан тэрээһиҥҥэ икки бөлөх кытынна.
Нам улууһун П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин иһинэн үлэлиир «Алгыс» вокальнай ансаамбыл (салайааччы Ирина Неустроева) уонна Эдуард Клепечин аатынан Аллараа Халыма улууһуттан «Һээдьэ» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл (салайааччы Аркадий Клепечин) кытыннылар.
Уопсайа бэстибээлгэ үс тыһыынчаттан тахса киһи муһунна. Петропавловскай кириэппэс собуорунай болуоссатыгар «Алгыстар» умнуллубут былыргы саха ырыатын сөргүтэн толордулар. Оттон «Һээдьэ» ВИА бэстибээл иккис күнүгэр Киров аатынан сынньалаҥ уонна култуурунай пааркатын сыанатыгар ыллаатылар, хотугу норуоттар фольклордарын көрдөрдүлэр.
Гала-концертка «Сибур» аренаҕа уопсай хорга Валентин Клепечин кытынна. Кини сахалыы ырыанан дьону түмтэ. Салгыы «Алгыс» уонна «Һээдьэ» Россия күнүгэр Санкт-Петербург килбэйэр киинигэр Невскай проспекка улахан «Книжная аллея» фестивальга кыттан, саха ырыатын-тойугун киэҥ араҥаҕа иһитиннэрдилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр ырыаны-тойугу, фольклору, култуураны, муусуканы өрө тутааччылар сылтан-сыл элбээн иһэллэр. Ол курдук аҕа саастаах дьонтон ураты орто саастаахтар үлүһүйэн туран ырыанан-тойугунан, үҥкүүнэн дьарыктаналлара духуобунай өттүнэн уонна сынньалаҥ кэми бэйэ үүнэригэр-сайдарыгар сөптөөхтүк туһаналларын бэлиэтэ буолар.
Онтон ыалдьыттар араас кэрэхсэбиллээх, баай устуоруйалаах эбийиэктэргэ, мусуойдарга сылдьан кэрэҕэ убаннылар, билиилэрин хаҥаттылар. Култуурунай тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Санкт-Петербургдааҕы салаатыгар сылдьан, «Алгыстар» бэйэлэрин көхтөрүнэн, үтүө санааларынан баһыылка оҥорон аҕалбыттарын туттардылар.
Госпитальга сытар саха байыастарга отон барыанньатын, соботтон хатарыллан оҥоһуллубут миини биэрдилэр. Бэйэтин өттүттэн бэрэстэбиитэлистибэ аатыттан салайааччы Евгений Петров билиҥҥи быһыыга-майгыга волонтердар ханнык көмөнү оҥороллорун туһунан кэпсээтэ. Онон ханнык даҕаны сырыыларга үгэс курдук үтүө санаалаах саха дьоно хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьаллара биһиги норуот быһыытынан сомоҕо күүстээхпитин көрдөрөр.
Бу күннэргэ талааннаах дьону түмэ тардыбыт, туох баар тэрээһин боппуруостарын уот ааныттан тиһэҕэр тиийэ анал бырагырааманы таҥан оҥорбут дьонунан «Северный колорит» салайааччыта Варвара Обоюкова уонна менеджер Карл Капитонов буолаллар.
Бэстибээл кыттыылаахтара бары Госдума депутаттара Олег Нилов уонна Федот Тумусов «Махтал суруктарынан» бэлиэтэннилэр.
Ааптар: Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург к.