22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Саллаат сүрэҕэ» киинэ көрдөрүүгэ таҕыста

16:01, 30 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха суруйааччыта, бэйиэтэ, фронтовик Тимофей Сметанин айымньытыгар олоҕурбут «Саллаат сүрэҕэ» киинэ өрөспүүбүлүкэҕэ көрдөрүүгэ таҕыста, «Якутия 24» ханаал ТАСС-ка сигэнэн суруйар.


Режиссер Руслан Тараховскай эппитинэн, киинэ  — көлүөнэлэр алтыһыылара, сэрии туһунан сүппэт өйдөбүл, ыра санаа туолуута.

«Икки көстүү баар, Тимофей Сметанин сэриигэ сылдьан хоһоон суруйара уонна билиҥҥи кэмҥэ эдэр скрипач Сметанин айымньытын уонна театрн дьайыыларыгар көмөлөһүннэрэн, олох мүччүргэннэрин туоруура», — диэтэ кини.

Бу саха кинематографиятыгар бастакы көстүү — киинэ тухары хоһоон ааҕыллар. «Искусство хас да көрүҥэ холбосто — киинэ, театр, музыка уонна поэзия, киинэ тутула манна олоҕурда», — диэн быһаарда режиссер.

Кэбээйи оройуонун сакааһынан уһулунна, Тимофей Сметанин онтон төрүттээх. Бюджета — 1,6 мөл солк. Дьокуускай кытыытыгар, чуолаан, Владимировкаҕа уонна Хатаска устууну ыыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА