18 Ахсынньы 18.12
  • -33°
  • $ 103
  • 108,34

Саха сирин олохтоохторо Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгы ханна көрсөллөрүн кэпсээтилэр

18:08, 13 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгы Дьокуускай олохтоохторо сүрүннээн дьиэлэригэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөллөрүн эттилэр. Маннык дааннайы SuperJob биэрдэ.

Быйыл Саха сирин олохтооҕун 73% саҥа дьылын дьиэтигэр ылар. Ыйытыллыбыт дьон ахсааныттан 9% ахсынньы 31 — тохсунньу 1 күннэригэр үлэлииллэр. 6% Россиянан күүлэйдии бараллар. 4% — даачаҕа эбэтэр дэриэбинэҕэ бырааһынньыктыыллар.

Ыалдьыттыы 1% барар. 5% атын миэстэҕэ, холобур, кыраныысса таһыгар, кафеҕа, рестораҥҥа, айаҥҥа, гостиницаҕа, сынньалаҥ дьиэтигэр, сорохтор — муора кытылыгар.

Ыйытыы ахсынньы 5 — 9 күннэригэр барда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА