Саха сирин Арктикатын уонна төрүт түөлбэлээн олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар сайдыыларыгар федеральнайдааҕы бюджеттан 1 млрд солк тахса үбүлээһин көрүлүннэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин инстаграмыгар суруйда.
Көрүллүбүт уопсай суума 1 млрд 154 мөл 374,5 тыһ солк үс сылга маннык тыырылынна:
384 мөл 708 тыһ солк — 2022 с.,
419 мөл 237,5 тыһ солк – 2023 с.,
350 мөл 429 тыһ солк – 2024 с.
«Үбүлээһини хотугу төрүт олохтоохтору өйүүр бырагыраамаларга уонна «Арктика оҕолоро» тохсолго ыытыахпыт«, — диэн суруйда Ил Дархан.