28 Ыам ыйа 28.05
  • 16°
  • $ 70,9
  • 82,72

Саха сирин үгүс улууһугар сарсын ардах түһэрэ күүтүллэр

16:01, 28 мая
Хаартыска: ЯСИА саайтв
Читайте нас на

Дьокуускайга +20 кыраадыс, киин улуустарга +22, хас да улууска күүстээх ардах түһүөҕэ. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа (УГМС) бээтинсэҕэ, ыам ыйын 29 күнүгэр, күн-дьыл туһунан иһитиннэрдэ.

Мииринэй, Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар ардах түһэрэ күүтүллэр, күнүс сорох сирдэринэн күүстээх. Ленскэй, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар уонна илин эҥээр диэки кыра, күнүс сорох сирдэринэн орто ардах, хайаларга инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Арктика улуустарыгар кыра инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар.

Өлөөн, Мииринэй, Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар 15–20 м/с тиийэ күүстээх тыаллаах буоларын сэрэтиллэр.

Күнүс киин улуустарга +17…+22, ардах кэмигэр арҕаа +9…+14, хотугулуу-илин +3…+8, хотугулуу-арҕаа -2…+3 кыраадыс буолуо.

Дьокуускайга түүн +1…+3 кыраадыс, күнүс +18…+20 кыраадыс буолара күүтүллэр. Сөҥүүтэ суох, хотугулуу-илинтэн 3–8 м/с тыаллаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА