Саха сиригэр ойуур уотун бохсууга эбии 378 млн солк саппаастан көрүөхтэрэ. Маны сэргэ региоҥҥа «Авиалесоохрана» сулууспаттан баһаарынайдары уонна байыастары ыытыахтара, барыта 380 киһини, ТАСС-ка Айылҕа миниистирэ Александр Козлов эттэ.
«Регион кыһалҕатын билэбит — территорията кыра, нэһилиэнньэтэ аҕыйах. Бу учуоттанан, региоҥҥа көмө оҥоһуллар. Бу сылга Саха сиригэр былаанынан 1,3 млрд солк көрүлүннэ. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, элбэх суума. Өссө саппаастан эбии 378 мөл солк тыырыллыаҕа», — диэтэ Александр Козлов, өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэллэрин кытта мунньах кэнниттэн.
Козлов эппитинэн, Саха сиригэр эбии күүс ыытыллар — федеральнайдааҕы баһаарынайдартан 280 киһи уонна «Авиалесоохрана» 100 байыаһа.