22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр быйылгы дьылга 22 000 үлэ саҥа миэстэтэ таһаарыллыа

16:15, 31 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччыларга судаарыстыбаттан көмө оҥоһуллар буолуоҕуттан, сорох дьон үлэлэрит­тэн уурайан, урбаанынан дьарыктанан дохуот аахсаллар. Стастистика сыыппаралара көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлиир кыахтаах дьон ахсаана 498,9 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ. Мантан 7,1%-на үлэтэ суохтар испииһэктэригэр киирэ сылдьаллар.


Көрдөрүү халбаҥныы турар

Үлэ ырыынагар билигин балаһыанньа ортоһуор. Урукку курдук буолбатах. Дьокуускай куоракка үгүс тэрилтэҕэ күннэтэ вакансия тахса турар. Холобур, улахан сетевой атыы-эргиэн кииннэригэр, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр, тутуу эбийиэктэригэр наар үлэһит тиийбэт аатырар. Дьиҥэр, дьон үлэлиэ эбитэ буолуо эрээри, хамнаһын мыынаннар, бастайааннай үлэҕэ киирбэттэр. Вакансия тахса турар диибит эрээри, сорох предприятиелар үлэһиттэрин ахсаанын сарбыйаллар. 2018 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 95 тэрилтэ 970 үлэһитин ууратыахтааҕын туһунан туһааннаах уорганнарга биллэрбит.

СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин кэпсииринэн, дьарыктаах буолуу сулууспаларыгар ааспыт сылга 37,6 тыһыынча киһи үлэ көрдүүрүн туһунан биллэрэн, 22,1 тыһыынчата үлэнэн хааччыллыбыт. Кэмитиэт сыллааҕы отчуотуттан көрдөххө, 6,2 тыһыынча киһи бастайааннай, оттон 15,9 тыһыынчата быстах үлэҕэ хабыллыбыт. Ол аата быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыллыбыттар бу сылга эмиэ үлэтэ суохтар «аармыйаларын» хаҥаттахтара.

Инбэлииттэргэ — 3000 квота

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону үлэлэтиигэ кэлиҥҥи сылларга ураты болҕомто ууруллар. Онно эмиэ тустаах үлэ ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр 54 тыһ.тахса инбэлиит олорор, олортон 24 тыһ. үлэлиир саастаах, онтон 7 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлээх. СӨ сокуонунан 35-тэн тахса үлэһиттээх тэрилтэлэргэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо үлэлиир усулуобуйа, үлэ миэстэтэ көрүллүөхтээх. Билигин ити сокуон иһинэн 2,3 тыһ.инбэлиит үлэлии сылдьар. 807 тэрилтэ инбэлииттэргэ 3000 квота олохтоон, билигин 2437 киһи үлэлиир.

Миграннар оннуларыгар —олохтоохтору

Кэлии дьон үлэ миэстэтин былдьаатылар. Тутуу, тырааныспар, атыы-эргиэн, бырамыысыланнас салааларыгар барыта омуктар үлэлииллэр диир буолбуппут быданнаата. Кырдьыга, оннук. Оннооҕор, балыыһаларга, поликлиникаларга омук сириттэн кэлбит гастарбайтер-эмчиттэр баар буоллулар. Онон, сыыйа бары салааларга кимэн киирэн эрэллэр.

Национальнай үлэ ырыынагын сааһылыыр, бэрээдэктиир туһуттан, былырыын Ил Дархан Егор Борисов ыйааҕа тахсыбыта. Ыйаахха олоҕуран, 2018 сылга патенынан үлэлии кэлэр омук гражданнарын үлэлэтии бобуллуохтаах. Быйылгыттан испииһэк кэҥээн, тутуу, туһалаах баайы-дуолу хостооһун курдук салаалар киирэннэр, Узбекистан, Таджикистан, Украина, Молдавия гражданнарын баларга үлэлэтиэхтэрэ суоҕа. Инньэ гынан, үүммүт сылга 2000 кэриҥэ үлэ миэстэтэ тахсара былааннанар.

Степан Москвитин этэринэн, тахсыбыт миэстэлэргэ олохтоох дьон үлэлиэхтэрэ

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр миграннарга патент кээмэйэ 8762 солк. быһыллыбыта. Бу Арассыыйа үрдүнэн саамай үрдүк.

Сыллата тас дойдулартан үлэлии кэлээччилэргэ квота кээмэйэ аҕыйыы турар. Ааспыт сылга 338 квота бэриллибит.

Олохтоохтору — бырамыысыланнаска

2017 сыллаахха «Олохтоох каадырдары —  бырамыысыланнаска» диэн биэдэмистибэ бырайыага оҥоһуллан, 2240 олохтоох дьон бырамыысыланнай хампаанньаларга үлэлии киирбиттэрэ. Ол иһигэр «УК «Колмар» ХЭУо – 905, «Якутуголь» ААУо – 540, «Эльгауголь» ХЭУо – 223, «Алданзолото ГРК» – 309, «Золото Селигдара» ААУо – 263 киһи.

Бырайыак 2020 сылга диэри үлэлиэхтээх. Онон бырамыысыланнай хампаанньаларга 10 тыһыынча кэриҥэ өрөспүүбүлүкэ дьоно үлэнэн хааччыллыахтара.

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Дьарыктаах буолууну көҕүлээһин сыла биллэриллэн, үлэ ырыынагар сэргэхсийии тахсара күүтүллэр. Ол курдук Дьарыктаах буолуу судаа­рыстыбаннай кэмитиэтин сыллааҕы отчуотун кэмигэр иһитиннэрбиттэринэн, үлэтэ суох дьон ахсаанын 7,0%-ҥа диэри намтатыы, 22 тыһыынча кэриҥэ саҥа үлэ миэс­тэтин тэрийэр туһунан былааннаммыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА