Саха сиригэр көмүс хостооһунун кээмэйэ улаатар. 2022 сылга 9 ый иһигэр региоҥҥа көмүһү хостооһун кээмэйэ 34 туоннаттан тахса буолла, ити былырыыҥҥытааҕар 3,1% элбэх.
Регион бырамыысаланнаска министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, көмүһү хостооһун уопсай кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар биэс бөдөҥ тэрилтэ үлэтин көмөтүнэн үрдүүр: «Нерюнгри- Металлик», «Полюс Алдан», «Селигдар», «Тарынская золоторудная компания» уонна «Поиск Золото».
«Кэнэҕэски сылга көмүһү хостооһуну улаатыннарар кыах баар. Бастатан туран, былырыын биир улахан Нежданинскай көмүһү хостуур сиргэ фабрика үлэҕэ киирбитэ. Саха сирэ Уһук Илин уокурукка бырамыысаланнай оҥорон таһаарыыга бастыҥ көрдөрүүлээх, оттон манна үлэлиир предприятиелар бары көрдөрүүлэрэ үчүгэй, нолуокка киирэр харчы суумата үрдүү турар, бу олох усулуобуйатын тупсарыыга сүрүн тирэх буолар», – диэн бэлиэтээн эттэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев.