Саха сирин былааһа 2023 сыл бастакы-иккис кыбаарталыгар Дьокуускайга «Өлүөнэ муостата» бырайыакка Россия «Главгосэкспертиза» тэрилтэ түмүгүн ылар былааннаах. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ТАСС-ка интервью биэрдэ.
«Бырайыак үлэҕэ сылдьар. Биһиги концессионеры уонна Россия Главгосэкспертизатын кытта тутуу иккис түһүмэҕин сыанатын оптимизациялааһыҥҥа үлэлиибит. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуон саҥардылларыгар уонна Главгосэкспертизаҕа бу сыл бүтэһигэр диэри ыытылларын күүтэбит. Бырайыактыыр докумуону бэрэбиэркэлээһин болдьоҕун учуоттаан туран, экспертэр сөбүлэҥ түмүктэрин 2023 сыл бастакы-иккис кыбаарталыгар тутар былааннаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини эппитинэн, Өлүөнэ муостата «илиҥҥэ хайыспыт дойду тырааныспарга каркаһын сүрүн бырайыага буолуохтаах». Өлүөнэни туоруур муоста РФ суолу оҥорууга биэс сыллаах былааныгар киллэриллэр, федеральнайдааҕы үбүлээһинэ 16,9 млрд солк.