Саха сирэ, Чечня, Башкирия уонна да атын регионнар быйыл чааһынай дьиэни туттууну сайыннарыы тургутук бырайыагар кыттыһыахтара. Бу туһунан дойду олорор дьиэ, коммунальнай хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Никита Стасишин иһитиннэрдэ.
Бырагыраама иитинэн чааһынай дьиэлэри тутар анал тэрилтэлэр баар буолуохтара.
Онуоха эмиэ эскроу-счет арыллыаҕа. Оччотугар чааһынай дьиэҕэ олоруон баҕалаахтар, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ бэриллэр ипотека ставкатынан кредит ылар кыахтаныахтара диэн миниистир бэлиэтиир.
Ол эрэн бастакы икки-үс сыл иһигэр тустаах бырагыраама, ипотекаҕа ананан бэриллэр кредит уопсай кээмэйигэр улаханнык дьайыа суоҕа диэн сабаҕалыыллар. Ол туһугар, чааһынай дьиэлэр дьоҕус оройуоннара тутуллуохтарын наада, диэн суруйар НВК «Саха».