Россия култуураҕа миниистирэ Ольга Любимова Саха сиригэр кэлиэҕэ. Ол туһунан СИА-ҕа регион тустаах миниистирэ Юрий Куприянов эттэ.
«Барыллаан, кулун тутарга Саха сиригэр РФ култуураҕа миниистирэ Ольга Любимова кэлиэҕэ. Биһиги бырагыраама оҥоробут, онно музыка Үрдүкү оскуолатыгар, оҕо искусствотын оскуолаларыгар, «Сахафильмҥа» сылдьара чуолкайданна. Култуура миниистирэ саха киинэтигэр ураты интэриэстээх», – диэтэ Юрий Куприянов.