14 Балаҕан ыйа 14.09
  • $ 90,93
  • 100,8

Россияҕа WhatsApp-нан туттууну хааччахтыахтара суоҕа

12:01, 18 марта 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия территориятыгар  WhatsApp мессенджерынан туттууну хааччахтыахтара суоҕа. Ол туһунан кулун тутар 17 күнүгэр Роскомнадзор пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар ТАСС.

Пресс-сулууспаҕа иһитиннэрбиттэринэн, WhatsApp-ка тохтобуллар Instagram уонна Facebook (РФ территориятыгар бобуулаах саайтар) арахсыытын кытта сыһыана суохтар. Атын дойдуларга эмиэ батсаапка «сбойбар» буолуталыыллар.

Эрдэ РФ Генпрокуратурата Instagram-ы хааччахтыыр туһунан ирдэбил оҥорбутун кэннэ, Роскомнадзор бу соцситими Россияҕа блоктуур туһунан быһаарыы ылыммыта. Маны сэргэ Генеральнай прокуратура суукка Meta хампаанньаны (Instagram, Facebook, WhatsApp уонна Twitter) экстремистскай тэрилтэнэн ааҕары модьуйбута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА