23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россияҕа мастан тутуу матырыйаалыгар сыана түһүөн сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыраныысса таһыгар мастан тутуу матырыйаалын таһаарыы ыарахаттардаммытынан, дойду иһигэр сыана чэпчиэн сөп. Билигин баар суума 10-25% түһүөн сөп, суруйар «Российская газета».

Ойууру таҥастааһын сезона үчүгэйдик ааста, халлаан туран биэрдэ, онон ыскылааттарга мас саппааһа элбэх диэн мас дьиэни тутааччылар Ассоциацияларын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юлия Юрлова эттэ.

Мас улахан аҥара экспортка тахсара. Билигин бу кыһалҕаларданна — суот-ааҕыы өттүнэн уонна логистиканан. Бөдөҥ тырааныспар хампаанньалара ырыынактан тахсан, тиэйэр-таһар фуралар, контейнердар тиийбэттэр.

2021 сылга Россияттан экспортка 11 мөл кубометров кэриҥэ мас тахсара, ол иһигэр 27% Европа дойдуларыгар уонна 57% — Кытайга, диир Юрлова. Кытай билигин атыылаһыыны улаатыннарар былааннаах, ити эрээри тириэрдии боппуруостарыгар хааччахтааһыннар бааллар. Холобур, мас Архангельскайга баар, оччотугар Кытайга айаҥҥа ороскуот дохуоту барытын сиир. Онон мас ис ырыынакка эрэ хааларыгар тиийэр.

Ааспыт сылга мас дьиэ кэмпилиэгэр уочарат сыл аҥарын инниттэн турара, атырдьах ыйыгар тутуу матырыйаалыгар дефицит 6 мөл кубометрга тиийэрэ. Ол билигин суох.

Сиһилии https://ysia.ru/tseny-na-strojmaterialy-iz-dereva-vnutri-rossii-mogut-snizitsya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА