«Төлөбүр суумата субъекка оҕо тиийинэн олоруутун кээмэйигэр тэҥ. 2025 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ити суума 25 974 солк тэҥ. Билигин бырабыыталыстыба бэрээдэги оҥорор», – регион бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов эттэ.
Вице-премьер чуолкайдаабытынан, төлөбүр хамандыыр байыаннай сулууспалаах билиэҥҥэ тутуллубутун эбэтэр сураҕа суох сүппүтүн туһунан этиллэр бирикээһигэр ыйыллыбыт күнтэн-дьылтан оҥоһуллар. Төлөбүр 2024 сыл ахсынньы 1 күнүн кэнниттэн тахсыбыт бирикээстэргэ сигэнэн бэриллэр.