Владимир Путин бастыҥ үлэлээх муниципалитеттарга бэриллэр бириэмийэ кээмэйин биир миллиард солк диэри улаатыннарары эрэннэрдэ, диэн ТАСС иһитиннэрдэ.
«Бастыҥ үлэлээх муниципалитеттары биһириир туһунан этиини кытта сөбүлэһэбин. Муниципальнай практикаларга бэриллэр Бүтүн Россиятааҕы куонкурус бирииһин фондатын көннөрү улаатыннарыахха эрэ диэбэккэ, биллэрдик таһаарыахха наада. Билигин 40 мөл.солк ылар буоллахтарына, ити сууманы 1 млрд солк тириэрдиэххэ«, — диэн эттэ Владиммр Путин олохтоох салайыныылар сайдыыларын Сэбиэтин мунньаҕар.
Президент бэлиэтээбитинэн, быйылгы бюджекка бириэмийэни улаатыннарыы көрүллүбэт. «Ол иһин мин үп министиэристибэтин кытта кэпсэтэн, президент саппаас фондатыттан көрдөрүөм. Ити бу сыл бюджетын туһунан сокуон салаатыгар учуоттанарын курдук«, — судаарыстыба баһылыга эттэ.
Сиһилии https://ysia.ru/prezident-rf-premii-luchshim-munitsipalitetam-uvelichatsya-do-1-mlrd-rublej/