22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко былаан 74% туолла

10:03, 19 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко былаан 471 тыһ туонна, сиилэскэ — 25, сенажка — 16 тыһ. Атырдьах ыйын 17 күнүгэр окко 30 тыһ киһи үлэлии сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 338 тыһ гектар сир охсуллубут, 349 тыһ туонна от кэбиһиллибит. Бу сыллааҕы былаантан 74% диэтэ, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр.


Кураантан эмсэҕэлээбит улуустарынан кини Амманы, Мэҥэ-Хаҥалаһы, Тааттаны, Уус-Алданы, Чурапчыны, Уус-Маайаны ааттаталаата. Маны таһынан киин улуустарга – Нам курааннаабыта, оттон Бүлүү сорох улуустарыгар оттуур ходуһалары уу ылбыта, Хоту — Дьааҥыга уонна Үөһээ Халымаҕа бэс ыйынааҕы куйаас күннэр уонна ойуур баһаардара күчүмэҕэйдэри үөскэттилэр.

«Былааммытын 90% толорор санаалаахпыт. Этиллибит улуустар 80-85%. 20 тыһ. туонна оту мобильнай биригээдэлэр бэлэмниэхтэрэ. 15 тыһ. туонна кур оттоохпут. Ньурба, Кэбээйи, Хаҥалас улуустара 8 тыһ туонна оту эбии бэлэмниэхтэрэ. Ити курдук былааммытын толоруохпут«, — диэтэ миниистир.

«Саха сирин бырабыыталыстыбата мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ 26 мөл солк көрбүтэ. 15 улууска 160-тан тахса биригээдэ тэриллиэ: Аммаҕа – 25, Бүлүүгэ — 26, Дьааҥыга – 10, Горнайга – 3,  Мэҥэ-Хаҥаласка – 15, Намҥа – 16. Биригээдэлэр атырдьах ыйын 20 күнүттэн оттоон саҕалыахтара«, — диэтэ Александр Павлович.

Түмүккэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар балаһыанньа куттала суох, диэтэ миниистир. Кини 2018 сылтан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр от хампаанньатыгар уонна сүөһү-сылгы кыстыгар сылын аайы 50 мөл солкуобайы көрөрүн эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА