23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Путин: Регионнарга мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ муҥутуур бэлэм буолуохтаахтар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия президенэ Владимир Путин регион баһылыктарын кытта быһа сибээскэ мунньаҕын кэмигэр мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ миэстэтигэр муҥутуур бэлэм буолуохтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кинилэр эмтиир кыахтарын эбэн биэрэн иһии наадалааҕын эттэ. Сүрүн дьаһал бэҕэһээ «Россия24» телеханаалга көһүннэ.


Федеральнайдааҕы өйөбүл регионнарга тириэрдилиннэ, ол иһигэр 33 млрд солк эбии куойкалары тэрийиигэ, 13-тэн тахса млрд солк ИВЛ аппарааттарын, реанимобиллары уонна суһал көмө массыыналарын ылыыга. «Саппаас уонна эбии кыах наада буолбатыгар эрэнэбин», — диэтэ Владимир Путин.

Судаарыстыба баһылыга регион салайааччылара түргэнник, түмсүүлээхтик уонна профессиональнайдык дьаһаналларыгар сорудахтаата.

«Үп министиэристибэтэ регионнар ыытар үлэлэригэр төһө кыалларынан кыаҕы биэрэргитигэр этэбин», — диэтэ президент.

Кини хас биирдии күн, хас биирдии харчы пандемияны кытта охсуһууга туһаҕа барыахтааҕын бэлиэтээтэ. «Хонтуруол кытаанах буолуоҕа», — диэн күүскэ эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА