9 Балаҕан ыйа 09.09
  • -0°
  • $ 86,47
  • 100,5

Путин байыаннайдар ахсааннарын элбэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата

11:03, 26 августа 2022
Читайте нас на

Владимир Путин Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин ахсаанын 137 тыһыынча байыаннай сулууспалаахтарынан улаатыннарар туһунан ыйаахха илии баттаата.

Тустаах докумуон правовой саайтка таҕыста.

«РФ Сэбилэниилээх күүстэрин штатнай ахсаанын 2 039 758 диэри улаатыннарарга, ол иһигэр 1 150 628 байыаннайдар буолуохтаахтар», — диэн саҥа ыйаахха этиллэр.

2017 сыл сэтинньи 17 күнүнээҕи ыйааҕынан, Арассыыйа сэбилэниилээх күүһүгэр 1 902 758 саллаат уонна офицер, ол иһигэр 1 013 628 байыаннайдар бааллар.

РИА Новости

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА