26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Путин бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара, биэнсийэ уонна МРОТ үрдүүрүн биллэрдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин кулун тутар 16 күнүгэр босуобуйа, биэнсийэ, МРОТ уонна бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара, бары социальнай төлөбүрдэр сотору кэминэн үрдүөхтэрэ диэтэ. Ол туһунан «Известия»хаһыат суруйда.

«Сыана үрдээһинэ дьон дохуоттарыгар улаханнык охсорун өйдүүбүн, онон сотору кэминэн туох баар социальнай төлөбүрдэри, босуобуйалары уонна биэнсийэлэри киллэрэн туран, үрдэтэргэ быһаарыыны ылыахпыт», — диэн, РФ субъектарын социальнай- экономическай өйөөһүн миэрэлэрин туһунан сүбэ мунньахха Путин бэлиэтээтэ.

Бэрэсэдьиэн маны сэргэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ, хамнас алын кээмэйэ уонна бүддьүөт эйгэтигэр хамнас алын кээмэйэ улаатарын бэлиэтээтэ.

«Маннык судургута суох быһыыга-майгыга дьадайыы уонна тэҥэ суох буолуу таһымын намтатыыны ситиһиэхтээхпит, бүгүн олоххо киллэриллэр соруктар буолаллар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Мин бырабыыталыстыба уонна регионнар бу сорукка түмсүүлээхтик үлэлииллэригэр көрдөһөбүн», — диэтэ кини.

Путин бу соругу экономическай эрэ буолбакка, социальнай уонна «сиэрдээх буолуу боппуруоһунан» буолар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА