Среднеколымскай куоратыгар кэтээн көрөр уоргаттар Анкудинка өрүс ньиэбинэн киртийиитинэн бэрэбиэркэ тэрийдилэр, СИА-ҕа экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Анкудинка өрүскэ уматык тохтубута көстөр хаартыскалар социальнай ситимнэргэ муус устар 25 күнүгэр тарҕаннылар.
«Орто Халыматааҕы туһааннаах инспекция борокуратуураны кытта бэрэбиэркэни тэрийдэ. Баар балаһыанньаны үөрэтэллэр, хоромньуну ааҕаллар, кыһалҕаны туоратыыга миэрэлэри ылаллар», — экология министиэристибэтигэр эттилэр.
Сотору кэминэн бэрэбиэркэ түмүгэ тахсыаҕа.