Россияҕа олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын уонна атын социальнай төлөбүрдэри индексациялыахтара. Ол туһунан Госдуума спикера туһааннаах тelegram-ханаалга эттэ.
«Ийэ хапытаала 630,4 тыһ солк бастакы оҕоҕо уонна 833 тыһ солк иккис оҕоҕо. Маны сэргэ 7,4% улаатар 40-тан тахса араас босуобуйаҕа уонна компенсацияҕа. Судаарыстыба приоритета — бары социальнай эбэһээтилистибэни толору хааччыйыы. Сөптөөх үп федеральнай бюджекка баар», — диэтэ Володин.