2020 сыл түмүгүнэн, Саха сирэ сүрүн демографическай көрдөрүүлэрин тупсарда: бүтэһик алта сылга аан бастаан өлүү ахсаанын төрөөһүн баһыйда. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина онлайн-отчуот кэмигэр эттэ, суруйар СИА.
«2020 сыл түмүгүнэн статистика көрдөрөрүнэн, Саха сирин РФ атын регионнарын кытта тэҥнээн көрөн баран, демография сүрүн көрдөрүүлэрин оннунан хааллардыбыт, сороҕун тупсардыбыт диэн этиэххэ сөп. Бүтэһик алта сылга аан бастаан, ааспыт сыл түмүгүнэн, төрөөһүн көрдөрүүтэ өлүүттэн эбилиннэ», — диэтэ Ольга Балабкина.
Кини бэлиэтээбитинэн, 2020 сыл 12 ыйыгар өрөспүүбүлүкэҕэ, 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 138 оҕонон элбэх кырачаан күн сирин көрдө. Онон Уһук Илиҥҥэ бастакы, Россияҕа сэттис миэстэҕэ таҕыстыбыт.