22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Окко былааны мобильнай биригээдэлэр ситэриэхтэрэ

17:17, 14 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин үрдүнэн кураан күн-дьыл туран окко былаан туолбат туруктаах. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ былааны ситиһэр сыалтан мобильнай биригээдэлэри тэрийиэ. Кинилэр 33 627 туонна оту бэлэмниэхтэрэ диэн, СИА суруйар.


Быйыл окко былаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 457 553 туонна. От ыйын 12 күнүгэр итинтэн 1603 туонна, ол эбэтэр 0,4% от бэлэмнэммит.

Барыллаан ааҕыынан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйини үүннэриигэ, мелиорацияҕа Департаменын кылаабынай исписэлииһэ Иннокентий Мярин улуустар уопсайа 364 тыһ туонна, о.э. былааны 79,7% толорор туруктаахтарын этэр.

«Ордук Томпо, Уус Алдан, Өймөкөөн, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Чурапчы, Хаҥалас, Амма, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустара былааннарын толорбот туруктаахтар», — диир кини.

Итини таһынан, Ньурба, Таатта, Томпо улуустарыгар ойуур баһаардара оттуур ходуһалары сиэн, билигин хоромньуларын ааҕыналлар.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ миэстэтигэр эбэтэр атын улуустарга баран оттуур мобильнай биригээдэлэри тэрийэрин иһитиннэрэр. Биригээдэлэри өрөспүүбүлүкэ бары кэриэтэ улуустарыгар — Аммаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга, Тааттаҕа, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Чурапчыга тэрийиэхтэрэ. Кинилэр 33 627 туонна оту бэлэмниэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА