21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Оҕолорго көрүллэр ханнык төлөбүрдэр 2022 сылтан үрдэтиллибит тарыыбынан бэриллиэхтэрэй

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа сылтан төрөппүттэргэ, оҕо иитэ ылбыттарга, опекуннарга уонна хат дьахталларга төлөбүрдэр үрдээбит тарыыбынан бэриллиэхтэрэ. Сорох босуобуйалар бары дьиэ кэргэҥҥэ ананыахтара, сорохторо ыал дохуотуттан, кыбартыыратыттан, массыынатыттан тутулуктаах буолуоҕа. Маны сэргэ ийэ хапытаалын индексациятын быраабылатыгар уларытыы киириэҕэ. Үгүс төлөбүр суумата олунньу 1 күнүттэн эбиллиэҕэ, суруйар  Парламентская газета.

Оҕо төрөөтөҕүнэ

Ыалга оҕо төрөөтөҕүнэ, төрөппүттэн биирэ биир кэмнээх босуобуйа оҥорторор. Манна кини төһө дохуоттааҕа, үлэлиирэ-үлэлээбэтэ аахсыллыбат. Тохсунньу ый бүтүөр диэри — 18 886 солк. Олунньу 1 күнүттэн бу ыйыллыбыт суума 5,8 бырыһыан индексацияланар,  19 981 солк тэҥнэһэр. Сайабылыанньаны оҕо төрөөбүтүн кэннэ сыл аҥарын аһардыбакка суруйуллуохтаах.

Үлэлиир киһи тэрилтэтин бухгалтериятыгар  эбэтэр кадр отделыгар, оттон үлэлээбэт киһи — социальнай харысхал уорганыгар докумуону тиксэрэр. Индивидуальнай предпринимателлэр оҕо босуобуйатын ылыыга сайабылыанньаларын социальнай страхование пуондатыгар биэрэллэр.

Оҕо иитэ ылааччы эбэтэр опекун эмиэ маннык сууманы ылар. Ити эрээри 7-ттэн улахан саастаах, инбэлиит эбэтэр тута хас да бииргэ төрөөбүтү ылааччылар үрдэтиллибит компенсацияны туталлар: тохсунньу 31 күнүгэр диэри — 144 307 солк, онтон кэлэр ыйдарга — 152 677 солк хас оҕо ахсын.

Сиһилии манна ааҕыҥ: https://ysia.ru/kakie-vyplaty-na-detej-vyrastut-v-2022-godu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА