Саха сиригэр муус устар 25 күнүгэр нолуок уорганнарыгар «аһаҕас ааннар» күннэрэ биллэриллэллэр. Манна нолуок сокуонугар уонна 2023 сыллааҕы дохуоту декларациялыыр бэрээдэк туһунан кэпсиэхтэрэ.
Дьокуускайга (202 мкр., 23 корпус) 9:00 — 20:00 чаас, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ уонна Нерюнгрига — 9:00 — 18:00 чаас, эбиэккэ тохтобула 13:00 — 14:00 чаас, атын улуустарга — 9:00 — 17:00 чаас, эбиэккэ тохтобул 13:00 — 14:00 чаас.
Нолуок иниспиэктэрдэрэ Россия ФНС «Личный кабинет налогоплательщика для физического лица» интернет-сервиска холбонорго көмөлөһүөхтэрэ. Дохуот туһунан 3-НДФЛ нолуок декларациятын толорууга үөрэтиэхтэрэ.