Ааспыт өрөбүлгэ айан туһунан кэпсиир Бастакы ханаал «Непутевые заметки» биэриитигэр Саха сирин туһунан көрдөрдүлэр. Биэрии ааптара, ыытааччыы Дмитрий Крылов эрэгийиэн ураты айылҕатын, култууратын, хомуһун, быһахтарын итиэннэ Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун туһунан кэпсээтэ.
«Саха сирин 90% кэриҥэ сирэ ирбэт тоҥҥо сытар, аҥарыттан ордуга полярнай эргимтэ таһыгар. Кыһын 60 кыраадыска тиийэ тымныйыан, сайын – 40 кыраадыска диэри куйаарыан сөп. Олохтоохтор этэллэринэн: Саха сирин сөбүлүөххүн баҕарар буоллаххына сайын кэлиэххин наада, оттон өйдөөрү — кыһын », — диэтэ Крылов.
Биэриини манна көрүөххэ сөп. Саха сирин туһунан 15-с мүнүүтэттэн саҕалаан кэпсэнэр.
https://youtu.be/UV-4A78pB7Y