«Дьааҥы» массыына суолун нуормаҕа эппиэттиир гына 2024 сылга оҥоруохтара. Ол туһунан суол миниистирин бастакы солбуйааччыта Анатолий Потапов эттэ.
««Безопасные качественные дороги» нацбырайыагы Томпо улууһугар киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ эбээһинэһин толорор. «Дьааҥы» суолга өрөмүөннүүр үлэлэлэр бараллар уонна искусственнай сооружениены нуормаҕа тириэрдии ыытыллар», — диэтэ министиэристибэ бэрэстэбиитэлэ.
«Дьааҥы» сылы эргиччи туттуллар суола 188 км. Сылын аайы нацбырайыагынан уонча килэмиэтир оҥоһуллар. СӨ суолга управлениета «Дортранс» тэрилтэни кытта 27 км суолу өрөмүөннээһиҥҥэ хантараак суруйуста.
Кэлэр өттүгэр 30 — 46 км уонна 46 — 65 км-дары оҥоруохтара. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуона бэлэм уонна госэкспертиза быһаарыыта таҕыста. Онон «Дьааҥы» суол 2024 сылга бүтэр толору. Онно Ольчан өрүһү туоруур 49 м муоста киириитэ былааннанар.