Дойду үрдүнэн Уһук Илиҥҥэ путевка кээмэйэ 40 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыа, диэн РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
«Бырабыыталыстыба Уһук Илиҥҥэ барарга төлөммүт путевкалартан төннөр чааһын сууматын үрдэтиэҕэ. Билигин путевка сыанатыттан 20%-ҥа ол эбэтэр, 40 тыһыынча солкуобайга диэри төннүөҕэ»,-диэтэ Мишустин Горнай-Алтайскай туристическай уобалас сайдыытын сүбэ мунньаҕар.
Кини урут бу боруок 20 тыһыынча солкуобайынан хааччахтана сылдьыбытын санатта.