22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар быйыл икки хочуолунай үлэҕэ киириэҕэ

10:33, 14 июня
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин улуустарын сылааһынан хааччыйар “СӨ ОДьКХ” ГУП филиалларыгар сайыҥҥы өрөмүөн үлэтэ саҕаланна, суруйда Саха сирэ саайт.

Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалга (дир. И.Э.Яковлев) инвестиционнай бырагырааманан быйыл икки хочуолунай үлэҕэ киириэхтээх. Хапчаҕай бөһүөлэгэр (Дойду нэһилиэгэ) уонна Балыктаахха онон күүстээх үлэ ыытыллар.

Ону сэргэ өрөмүөн бырагырааматын чэрчитинэн быстах үлэлэр элбэхтэр. Ол курдук, Нуораҕана хочуолунайыгар буруо тахсар турбатын, хочуолу уларыталлар. Төхтүргэ, Томторго, Тиэлигигэ биирдии хочуолу уларытыахтара. Аллараа Бэстээххэ сорох сиринэн “водопроводнай линия” уларыйара күүтүллэр.   Быһата, филиал хас учаастагын аайы кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэри баттаһа үгүс үлэ күүтэр.

Хаартыска: тустаах филиал ыытта.

Хаартыска: тустаах филиал ыытта.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА